САХАМ СИРЭ

 Сахам сирэ мин ырыабар,
Мин иhирэх эппит тылбар
Эн тойугуҥ дуораан кута
Иhиллибит буоллаҕына,
Айар саргым кынатынан
Айыым сирин алгыы кууhуом
Сахам килбик майгытынан
Аргыый кистээн дьоллоох буолуом.
 
Сахам сирэ, Сахам сирэ,
Сардаҥалаах ааккар кытта
Хаардаах дойдум сылаас тыына,
Улуу таптал уоспат күүhэ!
 
Сахам сирэ мин халлааным
Хараҥарар түгэнигэр
Үҥэр күүhүм, үрүҥ күнүм
Эн буоларгын эрэ өйдүөм,
Эйигиттэн ордук курдук
Эгэлгэлээх кытыллартан
Эн тымныыгар хаарыллаары
Эмиэ тиийэн кэлэ туруом.
 
Сахам сирэ, мин кутум – сүрүм!
Сахам сирэ, мин үрдүк иэйиим!
Сахам сирэ, мин ыллыыр ырыам,
Тапталлаах мин Сахам Сирэ.
 
слова Михалёва Наталья — Сайа
мелодия, вокал Ангелина Файрушина
 
ЗЕМЛЯ САХА
 
Земля Саха, в моих твореньях,
В моей поэзии от сердца,
Твой голос, эхом вечным ценность,
Мы слышим, это наша вера.
Стихов крылами сокровенно,
Тихонько, Родину обниму,
С саха смущением природным,
Я тайну счастья, в дар мне, приму.
 
Земля Саха, земля родная,
Лучится ярким светом имя,
В снегах есть тёплое дыханье,
В любви великой наша сила.
 
Земля Саха, когда вдруг небо,
Над нами тучей помрачнеет,
Тебя не заменить, что верно,
Моя молитва, мой свет белый.
Я знаю, можешь быть ты только,
Других нет тёплых колыбелей,
К твоей зиме холодной буду,
Всегда, всю жизнь я прикасаться.
 
Моя душа, земля родная,
Тебе пою я песню нежно,
Саха, моя судьба живая,
Моя любовь к тебе безбрежна.
 
Василий Полятинский
15:47 – 16:21 18.07.19/15:40 – 20:24 17.07.19
© Свидетельство о публикации №119071805090
 
Ангелина Егоровна Файрушина самая популярная певица Якутской эстрады. Была очень доброй, красивой, умной, талантливой, весёлой. Очень любила своих поклонников, детей, родителей, родственников. Но из-за тяжёлой болезни ушла из жизни. Родилась 6 июня 1967 года - умерла 23 мая 2010 года